Skip to main content

Сырдык сыла Ис хоһооно Чыыһылата | Сырдык сылынан кээмэйдэммит ыраахтар | Интириэһиргэтэр факттар | Өссө маны көр | Сигэлэр | НавигацияБСЭ — Световой годInternational Organization for Standardization. 9.2 Measurement units

АстрономияКээмэйдэр


Аан Дойду астрономия холбоһукгравитация












Сырдык сыла




Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт






Перейти к навигации
Перейти к поиску


Сырдык сыла (light year, ly) — сырдык биир сыл иһигэр бырар ырааҕа, ол аата 1013 километр кэриҥэ.


Аан Дойду астрономия холбоһук (МАС) ааҕарынан, сырдык ваакуумҥа, гравитация сабыдыала суох биир юлиан сыл иһигэр барар ырааҕа.




Ис хоһооно





  • 1 Чыыһылата


  • 2 Сырдык сылынан кээмэйдэммит ыраахтар


  • 3 Интириэһиргэтэр факттар


  • 4 Өссө маны көр


  • 5 Сигэлэр




Чыыһылата |


Сырдык сыла:



  • 9 460 730 472 580,8 км.

  • эбэтэр 63 241.1 астроном кээмэйэ (а.к.)

  • эбэтэр 0.306 601 парсек

Сырдык түргэнэ биллэр: сөкүүндэҕэ 299 792 458 метр. Сылга төһө сөкүүндэ баар эмиэ биллэр. Төгүллээтэххэ сырдык сыла тахсар.


Астроном кээмэйэ 49 597 870.610 км. Мантан астроном кээмэйин уонна парсегы сырдык сылларынан кээмэйдиэххэ сөп.



Сырдык сылынан кээмэйдэммит ыраахтар |


Бу кээмэй араас астроном ыраахтары кээмэйдииргэ сөптөөх:








































Масштаб
Кээмэйэ
Быһаарыыта
Сөкүүндэлэр
40.4×10-9

сырдык сыла.



Ый 376 300 км. кэриҥэ ыраах, ол аата Сиртэн барбыт лазер сырдыга 1.2-1.3 сөкүүндэнэн Ыйга тиийэр.
Мүнүүтэлэр
15.8×10-6

сырдык сыла.


Биир астроном кээмэйэ 150 мөл. километрга тэҥнээх. Ол аата Күнтэн тахсыбыт сырдык 500 сөкүүндэнэн эбэтэр 8 мүнүүтэнэн Сиргэ тиийэр.
Чаастар
3.2×10-3

сырдак сыла.


АХШ Пионер уонна Вояджер аппарааттар Күн систематыттан тахсан эрэллэр, ол аата билигин кинилэртэн сигнал 14 чааһынан Сиргэ кэлэр. Бу ырааҕы кинилэр 30 сылынан бардылар.
Сыллар
1.6сырдык сыла.
Сэрэйии быһыытынан Оорт былыта Күнтэн 50 000 а.к. ыраах. Ол аата сырдык икки сылынан тиийэр.
2.0сырдык сыла.
Күн гравитациятын сабыдыала бүтэр (Хилл сферата) — 125 000 а.к. кэриҥэ.
4.22сырдык сыла.
Күнтэн ураты ордук чугас сулус Кентавр Проксимата биһигиттэн 1.3 пк, эбэтэр 4,22 сырдык сыла.
Тыһыынча сыл
26×103

сырдык сыла.


Биһиги Галактикабыт киинэ биһигиттэн ~10 кпк ыраах, эбэтэр ~30 000 сырдык сыла.
100×103

сырдык сыла.



Халлаан Сиигин диаметра - 30 кпк эбэтэр 100 000 сырдык сыла.
Мөлүйүөн сыл.
2.5×106

сырдык сыла.


Ордук чугас спираль халыыптаах Андромеда галактиката биһигиттэн 772 кпк эбэтэр 2,5 мөл. сырдык сыла.
3.14×106

сырдык сыла.



Үс Муннук M33 галактиката биһигиттэн 3,14 мөл. сырдык сыл ыраах. Бу объект көннөрү харахха көстөр ордук ыраах объект.
59×106

сырдык сыла.


Ордук чугас галактикалар мустуулара, Кыыс мустуута биһигиттэн 59 мөл. сырдык сыл ыраах.
150×106
- 250×106

сырдык сыла.


Улуу аттрактор диэн гравитация аномалията биһигиттэн 150—250 мөл. сырдык сыла ыраах.
Миллиард сыл
1.2×109

сырдык сыла.



Слоун Улуу Эркинэ - куйаарга ордук улахан халыып, кээмэйэ 350 Мпк. Сырдык миллиард сыл кырдары ааһар.
13.6×109

сырдык сыла.


Куйаар кээмээйэ.


Интириэһиргэтэр факттар |



  • Астроном кээмэйэ 500 сырдык сөкүүндэтигэр тэҥ, ол аата Күнтэн Сиргэ диэри сырдык 500 сөкүүндэ айанныыр.


Өссө маны көр |


  • Парсек

  • Астроном кээмэйэ


Сигэлэр |


  1. БСЭ — Световой год


  2. International Organization for Standardization. 9.2 Measurement units(ааҥл.)




Төрдө — «https://sah.wikipedia.org/w/index.php?title=Сырдык_сыла&oldid=285598»










Навигация


























(window.RLQ=window.RLQ||[]).push(function()mw.config.set("wgPageParseReport":"limitreport":"cputime":"0.024","walltime":"0.047","ppvisitednodes":"value":127,"limit":1000000,"ppgeneratednodes":"value":0,"limit":1500000,"postexpandincludesize":"value":581,"limit":2097152,"templateargumentsize":"value":65,"limit":2097152,"expansiondepth":"value":5,"limit":40,"expensivefunctioncount":"value":0,"limit":500,"unstrip-depth":"value":0,"limit":20,"unstrip-size":"value":0,"limit":5000000,"entityaccesscount":"value":0,"limit":400,"timingprofile":["100.00% 26.064 1 -total"," 57.95% 15.103 12 Халыып:Е"," 38.92% 10.145 1 Халыып:Ref-en"," 30.37% 7.915 1 Халыып:Ref-lang"," 19.77% 5.154 1 Халыып:Ref-info"," 10.57% 2.756 2 Халыып:Eq"],"cachereport":"origin":"mw1246","timestamp":"20190331131725","ttl":2592000,"transientcontent":false););"@context":"https://schema.org","@type":"Article","name":"u0421u044bu0440u0434u044bu043a u0441u044bu043bu0430","url":"https://sah.wikipedia.org/wiki/%D0%A1%D1%8B%D1%80%D0%B4%D1%8B%D0%BA_%D1%81%D1%8B%D0%BB%D0%B0","sameAs":"http://www.wikidata.org/entity/Q531","mainEntity":"http://www.wikidata.org/entity/Q531","author":"@type":"Organization","name":"Contributors to Wikimedia projects","publisher":"@type":"Organization","name":"u0424u043eu043du0434 u0412u0438u043au0438u043cu0435u0434u0438u0430","logo":"@type":"ImageObject","url":"https://www.wikimedia.org/static/images/wmf-hor-googpub.png","datePublished":"2009-12-01T03:41:31Z","dateModified":"2013-03-11T11:23:45Z"(window.RLQ=window.RLQ||[]).push(function()mw.config.set("wgBackendResponseTime":144,"wgHostname":"mw1332"););

Popular posts from this blog

Styletc

Tórshavn Kliima | Partnerstääden | Luke uk diar | Nawigatsjuun62° 1′ N, 6° 46′ W62° 1′ 0″ N, 6° 46′ 0″ WWMOTórshavn